
«Саха талба таҥаһа» саха таҥаһын көрүү күрэһэ:
1 м. – Елена Карамзина, Аҕа дойду Улуу сэриитин III ст. уордьан кавалера Илья Гаврильевич Колпашников оҕолоруттан, сиэннэриттэн 10000 солк.;
2 м. – Александра Гоголева, «Албан аат» уордьан толору кавалера Спиридон Павлович Сивцев кыргыттарыттан, сиэннэриттэн 8000 солк.;
3 м. – Маргарита Индеева, «Албан аат» уордьан толору кавалера Семен Петрович Павлов оҕолоруттан, сиэннэриттэн 6000 солк.

«Чэйиҥ, чабырҕахтаан чаҕаарыах!» улахан дьон икки ардыгар чабырҕахха күрэс:
1 м. – Мария Аргунова, «Албан аат» уордьан толору кавалера Прокопий Иннокентьевич Иванов, Кыһыл Сулус уордьан кавалера Георгий Терентьевич Ядрихинскай оҕолоруттан, аймахтарыттан бириис;
2 м. – Елена Руфова, «Албан аат» уордьан толору кавалера Еремей Семенович Боброс, «Албан аат» уордьан толору кавалера, Кыһыл Сулус, Аҕа дойду Улуу сэриитин уордьаннарын кавалера Роман Семенович Заровняев оҕолоруттан, сиэннэриттэн бириис;
3 м. – Антонина Абрамова, Кыһыл Сулус уордьан кавалера Алексей Афанасьевич Кайгородов, «Албан аат» уордьан толору кавалера, Кыһыл Сулус, Аҕай дойду Улуу сэриитин уордьаннарын кавалера Афанасий Иванович Обутов оҕолоруттан, сиэннэриттэн бириис.