01.07.2025

Нам улууhун күндү олохтоохторо уонна ыалдьыттара!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан саха норуотун саамай сырдык, күүтүүлээх өрөгөйүнэн – ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!

Ыһыах сахаларга былыр-былыргыттан сүүмэх тураҥ, кэтит кэһии, уйгу-быйаҥ, туску-күскэм бэлиэтэ, киһи айылҕалыын алтыһыытын туоһута буолар. Бу той Олоҥхо дойдутун төрүт үгэһин, баай устуоруйатын, ураты култууратын харыстыыр, элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбит бар дьонун түмэр, саҥаттан саҥа ситиһиигэ угуйар чаҕылхай холобурунан буолар.

Быйыл Ыһыах Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар уонна Нам улууһа төрүттэммитэ 95 сылыгар ананна. Аҕа дойдубут көҥүлүн, тутулуга суох буолуутун көмүскэспит, аан дойдуга чиҥ санааны, туохха датэҥнэммэт хорсун быһыыны көрдөрбүт дьоммут сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэбит.

Кинилэр ол саҕана модун эр санаалаах, дойдуларыгар бэриниилээх буоланнар, биһиги бүгүн култуурабыт ураты нэһилиэстибэбитин харыстыыр, кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдэр кыахтаахпыт. Хорсун-хоодуот өбүгэлэрбит холобурдара төрөөбүт Сахабыт сирин уонна улуу Россиябыт туһатыгар айымньылаах үлэҕэ угуйдун!

Күндү Нам улууhун олохтоохторо уонна ыалдьыттара, Ыһыах биһиги сүрэхпитин үөрүүнэн, олоххо тапталынан толордун. Мин эһиэхэ баҕарабын чэгиэн-чэбдик туругу. Эйэ дэм сылаас тыына дьиэҕитин илгийдин, тус олоххутугар дьол-соргу тосхойдун.

Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан! Уруй-Айхал!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин

Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ

А.И. Еремеев

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять