Сэтинньи 18 күнүгэр Нам улууһун «Күн» оҕо түмсүүтэ саха төрүт үгэстэрин кэпсиир, көрдөрөр, иһитиннэрэр, төрөөбүт сир историятыттан билиһиннэрэр тэрээһинэ буолан ааста. Манна улуус оскуолаларыттан көхтөөх үөрэнээччилэр, учууталлар кыттыыны ыллылар.
Ону сэргэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин көҕүлээһининэн «Туос» (тыл уонна сатабыл) интеллектуальнай оонньуу ыытылынна.