Бэс ыйын 19-22 күннэригэр Кыыс Амма сиригэр «Муона чараҥа» түһүлгэҕэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа буолан ааста. Киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ улуус-улуус туйгуннара, сир-сир бастыҥнара мустан саха төрүт үгэһин төрүттүүр улахан түһүлгэлэргэ кыахтарын тургутунан фольклор көрүҥнэригэр кыайыыга холоннулар. Нам улууһун А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин талба талааннаах саха куттаах үлэһиттэрэ кырыымпаҕа, олоҥхону толорууга күрэхтэргэ көхтөөх кыттыыны ылан бастыҥ ааты, үрдүк көрдөрүүлээх кыайыылары ситистилэр. Ол курдук: «Кутуллар кырыымпа-кылыһах дорҕооно» күрэххэ бөлөхтөр ортолоругар «Нам-кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө (сал. Мария Григорьева) Гран-При кыайыылааҕынан таҕыста. Биирдиилээн толорооччуларга «Нам-кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн кыттыылааҕа Руслан Захаров II үрдэл, «Нам-кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн төрүттээччи, салайааччы Мария Григорьева III үрдэл үрдүк ааты ситистилэр. Ону сэргэ, бөлөх кыттыылаахтара Сахаяна Орлова, Туйаара Петрова ыһыах дьонугар маастар-кылаас биэрэн Олоҥхо ыһыаҕар кэлбит оҕолору кыл кырыымпаҕа үөрэттилэр.
«Эмис Тумэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ» олонхону бөлөҕүнэн толорооччулар күөн-күрэстэригэр «Ай-Тыл» бөлөх (сал. Вера Цыпандина) «Уһун тыыннаах» анал аат дьоһун ситиһиитин тутта. Биирдиилээн толорооччуларга Вера Цыпандина — «Түөлбэ үгэһин утумнааччы» анал аат хаһаайына буолла.
Ситиһиилээх биир идэлээхтэрбитигэр, уус-уран самодеятельнаска куруутун кыттар талааннаах дьоммутугар эҕэрдэ эриэккэһэ буоллун! Инникитин даҕаны саханы саха дэтэн өссө саҥа айымньылары, үрдүк чыпчааллары баҕарабыт!