2024 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр Нам улууһун «Ленскэй нэһилиэк» муниципальнай тэриллии «Эҥсиэли» култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар Дойдуга дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордугар аналлаах улууспут Үрүҥ Тунах Ыһыаҕа буолан ааста. Ытык күҥҥэ поэт, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Василий Николаевич Попов-Бочоох төрөөбүтэ 115, поэт, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, норуот ырыаһыта, олоҥхоһут, тойуксут, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо Константин Никонович Тихонов төрөөбүтэ 90 сыллара бэлиэтэннэ.
Нам улууһугар быйылгы сааскы халаан уута улахан хорумньуну оҥорбутун үрдүнэн, саха дьонун сиэринэн олохтоохтор арчыланар, алгыс ылар, куту-сүрү бөҕөргөтүнэр үтүө үгэстэрин кэспэт соруктанан, күүтүүлээх киэҥ далааһыннаах ыһыахха толору муһуннулар.
Сарсыардаттан тэринэн, киирии Аан аартыкка далбар хотуттар алаадьынан хас биирдии ыһыахчыты күндүлээтилэр. Саламалаах сэлэ сэргэлэринэн арыалланан, ыҥырыылаах ыалдьыттар, дьиэ кэргэттэр сомоҕолуу хаамсан киин түһүлгэҕэ киирбиттэрин ыһыах дьоно уруйдуу-айхаллыы көрүстэ.
Ийэ тыл илгэлээх иэйиилээх, уот-төлөн уохтаах хоһооннордоох Нам улууһун поэттара Таллан Бүрэ, Чаҕылҕан айымньыларыттан ыччат уолаттарбыт уонна «Отуу уота» Нам улууһун суруйааччыларын түмсүүтүн кыттыылаахтара итэҕэтиилээхтик, дорҕоонноохтук ааҕаннар ыһыах үөрүүлээхтик, өрө көтөҕүүлээхтик саҕаланна.
Урукку дьыллар уораҕаларын саҕаттан илдьэ кэлбит Улуу Олоҥхобутун бу Ытык Күн хайаан да дуоратан, кэнэҕэски кэнчээрибитигэр тиэрдэр тоҕоостоох кэммитин кэрэһэлээн, кырачаан сибэкки оҕолорбут түһүлгэни төгүрүччү киирэннэр, олоҥхоһут Бочоох «Үөлэн Кыырдьыт» олоҥхотуттан быһа тардыыны иһиттилэр.
Үрүҥ Куба кыыл бэлиэлээх Нам сирин Айыыһыттаах араҕас далбарыгар нарын кыргыттар, уолан уолаттар Айыы көтөрдөрө буолан талбааран киирэн түһүлгэни эргийэ дайдылар, киһи эрэ тэҥҥэ көтүөх хамсаныыларынан үҥкүүлээтилэр. Айыы көтөрдөрүнэн Орто дойду дьоло түстэнэн, арчыһыт дьахталлар дэйбиирдэринэн сапсынан оргууй хаамсан киирэн киин түһүлгэни түптэлээтилэр. Аҕыс кыыс, тоҕус уол арыалланан аламаҕай алгысчыттар битийэн киириилэрин дьон-сэргэ барыта сүһүөххэ туран көрүстэ.
Аал уоту туой көһүйэҕэ кичэллээхтик тутан Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин биир киэн туттар 10 оҕолоох дьиэ кэргэн төрөппүттэрэ, Герой-Ийэ Ирина уонна Владимир Кутуковтар киин түһүлгэҕэ киллэрдилэр.
Сир ийэ түөрт хайысхатыгар хоолдьук хоҥкутан сүгүрүйэн, аал уот иччитин аһатан, тоҕус хаттыгастаах Добун маҥан халлаан Айыыларыгар, Үрүҥ Аар Тойоҥҥо аламаҕай алгысчыттар Алексей Пинигин-Лоҥхо Уус, Владимир Сыромятников-Дьиэрэй, Геннадий Игнатьев-Айыы Уола орто дойду дьонун үтүөнү көрдөһүүлэрин, ыллыктаах ыра санааларын ааттаһан алҕаан, көрдөһөн тиэрдэн ыһыах саамай сүрүн тутула буолар Алгыс сиэрин ситэрдилэр, туомун толордулар.
Кыыс кэрэ Нам сирэ ыалдьытымсах олохтоохторо үтүө үгэһинэн кыынньар кымыстаах чорооннорун өрө тутан ыҥырыылаах ыһыах ыалдьыттарыгар айах туттулар. Үҥкүүһүттэр түһүлгэни толору кутуллан киирдилэр, үрүҥ сөлөгөй ыһыллар ыһыахпытын уруйдаатылар-айхаллаатылар.
Нам улууһун бары нэһилиэктэрин баһылыктара, ыллам ырыаһыт эр дьоно улууспут Өрөгөй ырыатын ыллан доллоһуттулар. Тойон киһи тускулаах бэлиэтин — Ытык дуоҕаны Российскай Федерация үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Валентин Черноградскай уолунаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическай култуураҕа уонна спортка туйгуна, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ тренердарыттан биирдэстэрэ Дмитрий Черноградскай эрчийэр спортсмен ыччаттарын кытта көтөҕөн киллэрдилэр. «Нам улууһа» муницпальнай тэриллии баһылыга Юрий Слепцов быйылгы Үрүҥ Тунах ыһыах саҕаламмытын мэктиэлиир Ытык Дуоҕатын туруору аста, ыһыах бары кыттааччыларыгар бүгүҥҥү маанылаах күҥҥэ үтүөнү баҕарда.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар Саха Өрөспүүбүлүкэтин тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министирэ, Нам улууһун куратора Гаврил Витальевич Кириллин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Александр Павлович Атласов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох бэйэни салайыныы Департаменын салайааччыта Иван Романович Попов, биллиилээх судаарыстыбыннай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуров төрөппүт уола, Гражданскай авиация туйгуна Валерий Ильич Винокуров улуус бары олохтоохторугар эҕэрдэ эриэккэһин, үтүө тыл үтүмэнин эттилэр.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуус бастыҥ дьиэ кэргэттэригэр, туруу үлэһиттэригэр, көхтөөх общественниктарыгар үтүө холобурдарын бэлиэтээн, махтанан туран үрдүк ситиһиилэринэн чиэстээтилэр, бэлэх-кэһии туттардылар.
Дьэ, бу кэннэ, Омоҕой саҕаттан оһуохай, Эллэй саҕаттан эһиэхэй күн хаамыытынан дьону-сэргэни түмтэ, ыччаты сомоҕолоото, түөлбэлии эргийдэ. Оһуохайы Саха сирин бастыҥ оһуохайдьыттара Елена Маркова, Владимир Осипов таһаардылар.
Алгыстаах алаадьы амсайан, араҕас саламаат арыыланан, үтэһэлээх эт үссэнэн, кыынньар кымыс утахтанан, ыһыах дьоно маанылаах ыалдьыттарын кытта нэлэһийэр сир ньууругар кэккэлии түһүлгэлээтилэр. Ол кэнниттэн, түмсэр үтүө түгэн үөрүүтүн үллэстэн, өй-санаа күлүмүн өрүкүтэн, дьоҕур-талаан төлкөтүн төлөрүтэн ырыа-тойук ылланар, эһиэхэйдээн эйээрэр, саха талба таҥаһа хайҕанар, уус-иис үлэтэ кэрэхсэнэр, устар ууну сомоҕолуур улуу бэйиэттэр айымньылара биһирэнэр күрэхтэрэ, кытаанах иҥиирдээх ыччаттар илии-атах оонньуулара көрү-нары көҕүлүттэн туттулар.
«Оһуохайбыт олохтоннун, саргыбыт салалыннын» оһуохай күрэҕэр бастакы бөлөххө: I үрдэл Алгыс Павлов (Нам), иккис бөлөххө: I үрдэл Елена Маркова (Нам), II үрдэл Мария Аргунова (Партизан), үһүс бөлөххө: I үрдэл Владимир Осипов (Нам), II үрдэл Ирина Николаева (I-Хомустаах), III үрдэл Светлана Харлампьева (I-Хомустаах).
«Дьиэрэй, тойугум» тойук күрэҕэр оҕолорго I үрдэл Шадрина Эвилия (Нам), улахан дьоҥҥо I үрдэл Мария Аргунова (Партизан), II үрдэл Ирина Николаева (1-Хомустаах), III үрдэл Надежда Лукинова (Нам), «Дьиэ кэргэнинэн талыы-талба саха таҥаһа» күрэҕэр I Үрдэл 1-Хомустах с. Татариновтар дьиэ кэргэттэрэ, II Үрдэл Нам с. Кривошапкиннар дьиэ кэргэттэрэ, III Үрдэл Дьокуускай Тулагытыттан Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ. Ону сэргэ анал ааттар: «Ыһыах Далбар хотуна» Екатерина Татаринова (1-Хомустах)»Эр киһи маанылаах таҥаһа» Константин Колодезников (Нам)
«Бастыҥ оҕо таҥаһа» Антонова Оливия (Нам).
«Алаас ырыата» норуот ырыатын толорууга оҕолорго: 1 Үрдэл Шадрина Эвилья (Нам), 2 Үрдэл Собакина Санаайа (Нам), ыччаттарга: I Үрдэл «Дорҕоон», «Дуораан» бөлөхтөр(Хатыҥ-Арыы), II Үрдэл «Кэрэ-куо» (Түбэ). Улахан дьоҥҥо: I Үрдэл Елена Охлопкова (1-Хомустаах), II Үрдэл Ирина Николаева (1-Хомустаах), III Үрдэл Марианна Сивцева (Партизан)
Бөлөхтөрү көрүүгэ: оҕолорго Нам с. «Дьэргэлгэн» фольклорнай бөлөҕө (сал. Вера Цыпандина)
ыччаттарга Партизан с. «Дьүрүл» (сал. Мария Аргунова)
улахан дьоҥҥо 1-Хомустаах с. «Айар Аартык» (сал. Елена Руфова).
Нам улууһун мелодистарын «Туллук хаара» түмсүүтэ самаан сайыны уруйдуу улахан кэнсиэр көрдөрөн маанылаах ыһыах малааһынын киэргэттэ, төрүттүүр түһүлгэ силигин ситэрдэ.
Сөрүүн түһүүтэ, ардаҕы-самыыры аахсыбакка, киин түһүлгэҕэ тыыннаах доҕуһуолунан ыччат дьон ыллам ырыата, үҥкүү-битии үктэллээх дьоро киэһэтэ үөрүүлээх Үрүҥ Тунах ыһыаҕы түмүктээтэ.
Күүтүүлээх ыһыах сүрүн тэрийээччитэ — А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтэ. Норуоту сырдыкка, кэрэҕэ угуйар, айыы санаалаах түмсүүлээх буолууга көҕүлүүр төһүү күүс буолар сүрүн сирдьиттэрэ — култуура үлэһиттэрэ киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ күнү-түүнү аахсыбакка, булуу-талыы, түмүү-сомоҕолооһун күүстээх үлэтин сүнньүн тутан, ыһыахха көтөҕүллэн кэлбит дьон-сэргэ, ыалдьыт-хоноһо астына дуоһуйуутун, махталын, үтүө алгыһын ыллылар.
Сай сайыммыт өлгөм быйаҥы биэриэхтин, оҕо аймахха, ыччакка, улууспут бары олохтоохторугар сэргэх сынньалаҥы түстээтин диэн туран, А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин үлэһиттэрин ааттарыттан, Үрүҥ тунах ыһыахпыт арыллыытыгар ырыа-үҥкүү бэлэхтээх оҕо аймах, ыччат дьон бары айар бөлөхтөрүгэр, биирдиилээн толороччуларга, далбар хотуттарбытыгар, эр дьоммутугар күүс-көмө, өйөбүл буолан кыттыыны ылбыккытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Хас биирдиигитигэр чэгиэни, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт! Саха саҥа сылынан! Саха Ытык Ыһыахтарынан!
Айыы күүһэ арчылаатын,
Күн күүһэ көмүскээтин,
Дьол-соргу тосхойдун!
Уйгу-быйаҥ буолуохтун,
Чөл туруктаах, чэгиэн буолуҥ!
Уруй-Айхал! Уруй-Туску!
(ыстатыйаҕа - Улус Медиа уонна "Эҥсиэли" олохтоох хаһыат эрэдээксийэтин
хаартыскаҕа түһэриилэрэ туһанылыннылар)