22.11.2024

Быйылгы сааскы халаан уута барыбытын долгутта, аймаата. Нам улууһугар хаһан да ууга барбатах нэһилиэктэр бүтүннүү халаан уутугар эмсэҕэлэннилэр. Бу соһуччу кэлбит ыарахан балаһыанньаҕа култуура үлэһиттэрэ тутатына күүс-көмө буоллулар. Мууһунан анньан кэлбит уу нэһилиэккэ киирбэтин диэн күнүстэри-түүннэри бохсууга, ууга барбыт нэһилиэктэргэ уу аҕалан хаалларбыт бөҕүн-сыыһын ыраастааһыҥҥа, биирдиилээн ыалларга сууйууга-сотууга, тиэргэни сөргүтүүгэ, туох көмө баарынан барытынан көмөлөстүлэр.

Илии-атах күүһүн таһынан үбүнэн, аһынан, туттар малынан, таҥаһынан-сабынан өйөбүл буоллулар. 

Хас биирдии эмсэҕэлээбит киһиэхэ билигин ыарахан кэмигэр көмө аны күһүҥҥэ диэри салҕаныаҕа. 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять