22.11.2024

Сунтаар улууһугар 2018 сылтан муус устар 9 күнүгэр улуу ырыаһыт, оһуохайдьыт, үҥкүүһүт Сергей Зверев-Кыыл Уолун күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн аар тайҕа ырыаһыта бастакы улахан хайҕалын – САССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамотатын ылбыт күнэ. Манна тирэҕирэн,  Сунтаарга  “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” диэн норуот айымньытын 9 көрүҥэр күрэс ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйбута. Кыыл Уола 9 көрүҥҥэ дэгиттэр дьоҕурдаах киһи этэ. Онтон бу сырыыга улуу киһи үбүлүөйүн көрсө, өрөспүүбүлүкэ килбэйэр киинигэр, долгуйар Дьокуускай куоракка ыыттылар.

Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун сүдү талааныгар сүгүрүйэн, 125 үбүлүөйдээх сылын көрсө «ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэһэ Дьокуускай куоракка муус устар 9-10 күннэригэр үһүс төгүлүн ыытылынна.

Күрэхтэр “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, Саха тыйаатырын Аччыгый саалатыгар ыытылыннылар. Күрэххэ 13 улуустан  700 кыттааччы кэлэн күөн көрүстүлэр.

Наммыт улууһуттан Норуот ырыатыгар- Сахаайа Колодезникова, Маайа Григорьева, оһуокайга- Семен Алексеев, Валентин Хорунов, Элеонора Егорова , олонхоҕо- оҕолорго Эвилья Шадрина,улахан дьоҥҥо Вера Цыпандина, төрүт доорҕооҥҥо – Алгыс Павлов, Сахаайа Колодезникова уонна Нам кылыһах  бөлөх, тойукка – Ирина Николаева кыттыыны ыллылар.

Түмүккэ оҕолорго олоҥхоҕо –  Эвилья Шадрина 2 үрдэли ылан 10000 (сал; ), Сахаайа Колодезникова- хомуска 1 үрдэли ылан 20000 уу хаччынан наҕараадаланнылар. Наммыт улууһун ааттаттылар.

Хас биирдии кыттыыны ылбыт талааннаах дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Сахабыт норуотун айымньыларын мэльди да инник тута, тарҕата, толоро сылдьыҥ! 

Үөрүүлээх сонунуттан суруйда

Вера Цыпандина.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять