22.11.2024

Кулун тутар 18 күнүгэр Нам улууһун култууратын үлэһиттэрэ Уус-Алдан киинигэр Мүрү нэһилиэгин Бороҕон сэлиэнньэтигэр ыалдьыттаатылар.  Делегацияны А.Ф. Шестаков аатынан  Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Елена Степанова салайан илдьэ сырытта. Ыаллыы сытар улууспут дьоно В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһыгар уохтаах кымыһынан, алгыстаах алаадьынан көрүстүлэр.

Биир идэлээхтэрбит үөрэ-көтө культура тэрилтэлэрин көрдүлэр-иһиттилэр. Ол курдук, «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр, Сэһэн Ардьакыап аатынан музейга, оҕо искусствотын оскуолатыгар сылдьан уопут атастастылар.

Киэһэтин, Александр Гоголев бырайыагынан, Нам уонна Уус-Алдан ыччаттара буоланнар «Ыччат Батлга» күрэхтэстилэр.   Ыччаты түмэр, сэргэхситэр сыалтан тэриллибит бырайыакка икки хамаанда – Намтан «Эҥсиэли» уонна Уус Алдантан «К.А.М. в кубе» кииристилэр. Интерактивнай, көрдөөх түһүмэхтэрдээх күрэххэ «К.А.М. в кубе» кыайда. 

Бэрт сэргэх, сонун бырайыакка кытыннара ыҥырбыт В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһын үлэһиттэригэр, сырыыбытын уйуммут биир дойдулаахтарбытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Аныгыс сырыыга Уус Алдан ыччата Нам улууһугар кэлэн уопут атастаһа, ыалдьыттыы кэлиэхпит диэн үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

Анна Созонова, «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять