Олунньу 3 күнүгэр Нам улууһугар М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай Бириэмийэ лауреата, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы үрдүк таһымнаах конкурстар лауреаттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин опера уонна балет Государственнай театрын солиһа Александр Георгиевич Емельянов сольнай кэнсиэрэ ураты үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Саха сирэ бүттүүнэ киэн туттар, Намнар, биһиги, биир дойдулаахпыт Александр Георгиевич Саха өрөспүүбүлүкэтин опернай искусствоҕа талааннаах дьоннорун кэккэтигэр биир ураты миэстэни ылар. Утумнаах айар үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, 2021 сыл сэтинньи 26 күнүгэр СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан Александр Георгиевичка «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Народнай артыыһа» үрдүк аат иҥэриллибитэ.
Кэнсиэр Нам улууһун Өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Александр Гимни ыллыырын толору көрөөччүлээх саала дьоно бары биир тыынынан астына, дуоһуйа сүһүөхпүтүгэр туран долгуйа иһиттибит! Өрөгөй ырыаны З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын учууталларын оркестра доҕуһуоллаата. Салайааччы — СӨ култууратын туйгуна Анна Федулова. Салгыы, Александр Георгиевич Гран Григорян музыкатыгар «Сахам сирэ барахсан», «Долгунча», «Балыксыттар», Анна Егорова матыыбыгар «Сардааҥалаах аартыгынан» айымньылары толордо. Дьэ, манна биһиги Александрбыт көмүс баритон куолаһын тутан олорон дуоһуйа иһиттибит. Көрөөччүлэр үрдүк сыанабылларын, махталларын туоһутунан ньиргиэрдээх ытыс дохсун тыаһа буолла.
Александр Емельянов абаҕата, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, профессиональнай баянист Валериан Емельянов музыкатыгар “Ийэбэр”, “Алгыс”, “Өлүөнэҕэ” айымньылары бары үөрэ-көтө, сөҕө-махтайа иһиттибит. Бу ырыалары М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж норуодунай инструменнарын оркестра (салайааччы Михаил Погодаев) үрдүк профессиональнай таһымнаахтык доҕуһуоллаата.
Александр Георгиевич — айылҕаттан бэриллибит күүстээх киэҥ диапазоннаах, кыраһыабай тембрдээх баритон куоластаах биллэр ырыаһыт. Киэҥ классическай репертуарыттан Александр Георгиевич улуу композитор Моцарт «Дон Жуан» оператыттан Дон Жуан ариятын М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж учууталларын (Раджана Погодаева, Егор Кузьмин, Максим Шумилов) доҕуһуолларынан олус ылыннарыылаахтык толорон дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.
М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж Аан Дойдуга, Арассыыйаҕа ситиһиилээх, талааннаах учууталлара чаҕылхай нүөмэрдэри бэлэхтээтилэр.
Маны сэргэ, айар киэһэтигэр Намнар, биһиги, киэн туттар биир дойдулаахпыт, СӨ норуодунай артыыската, Опера уонна балет театрын бастыҥ солистката Анегина Николаевна Дьяконова кыттыыны ылла. Кини биир дойдулаахтарыгар олохтоох мелодист, СӨ култууратын туйгуна Андрей Замятин матыыбыгар “Кыыс кэрэ Нам сирэ” ырыаны бэлэх уунна. Көрөөччүлэр үрдүк сыанабылларын биллэрэн, Анегинаҕа хабыллар ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр.
Салгыы, концермейстер, СӨ култууратын туйгуна Алена Давыдова доҕуһуолунан Александр Емельянов Моцарт, Бизе, Штраус операларыттан айымньылары толордо.
Александр Георгиевич бу сольнай кэнсиэригэр кыттыыны ыллылар улууспут бастыҥ, тумус туттар ырыаһыттара Андрей Слепцов, Артем Тюкянов. Биир сонун, сэргэх түгэнинэн буолла 9 кылаас үөрэнээччитэ Дьулусхан Харитонов кыттыыны ылбыта. Кини Нам улууһун Модут нэһилиэгиттэн төрүттээх чаҕылхай, ыраас, эйээркэй куоластаах талааннаах оҕобут буолар. Кэнсиэр түмүктүүр чааһыгар Александр Емельянов Андрей Замятин мелодиятыгар “Төлөннөөх Максиммыт”, Алексей Калининскай мелодиятыгар “Элиэнэ эбэккэм, эн аакар”, “Эр бэрдэ, эн төнүн!” ырыалары кыайа-хото толордо.
Александр Емельянов сольнай кэнсиэрин республика биллиилээх мелодиһа Валерий Егоров «Эҥсиэлибэр кэллим» ырыатынан түмүктээтэ. Бу ырыаҕа улууспут инники кэскилэ, Намнааҕы оҕо искусствотын иитиллээччитэ Дьулусхан Харитонов Александр Емельяновы кытта бииргэ ылласпыта көрөөччүлэргэ ураты долгутуулаах буолла. Дьулусхаҥҥа тус бэйэтигэр бу түгэн оҕо сааһын биир хаһан да умнуллубат бэлиэ күнэ буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Дьоро киэһэни Ирина Винокурова уонна Георгий Белоусов иилэн-саҕалаан ыыттылар.
Александр Георгиевич! Тус бэйэм ааппыттан уонна Нам улууһун ырыа айааччыларын ааттарыттан баҕарыам этэ, бу курдук көмүс дорҕоонноох дьоһун куоласкынан Саха сирин бар дьонун өрүү үөрдэ, кэрэҕэ, сырдыкка, бигэ туруктаах буоларга ыҥыра, угуйа тур!
Биһиги, Нам дьоно-сэргэтэ, эйигиннэн киэн туттабыт, маннык түгэни биһиэхэ тахсан бэлэхтээбиккэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит!
Биир дойдулаахтарын дохсун ытыстарын тыаһа эйигин өссө үрдүк чыпчаалларга, кэрэ киэҥ эйгэтигэр ыҥыра, угуйа турдун!
Андрей Терентьевич Замятин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна,
Нам улууһун, Ленскэй уонна Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэрин Ытык киһитэ,
Нам улууһун «Туллук хаара» ырыа айааччылар түмсүүлэрин салайааччыта.