22.11.2024

Саха ырааҕы анааран көрөр мындыр омук. Ханнык баҕарар омук төлкөтө кэлэр кэнэҕэски ыччатын кэскилигэр. Омук олорон кэлбит олоҕо, култуурата, уратыта, төрүттэрин тылыгар иҥэн сылдьар, үйэттэн үйэҕэ мунньуллубут мындырын, сатабылын,  үөрүйэҕин ийэ тыл көмөтүнэн кэнчээри ыччатыгар иҥэрэр. 

Олунньу 13 күнүгэр төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук бичик күнүгэр, Саха сиригэр Оҕо сылын чэрчитинэн,  А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин методиһа Гликерья Николаева уонна Нам нэһилиэгин 1№ «Солнышко» оҕо уһуйаана көҕүлээһиннэринэн, тыыл, педагогическай үлэ, сыана бэтэрээнэ Аграфена Григорьевна Корякина аатынан «Ийэ тыл сүмэһинэ» оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор уонна иитээччи-педагогтар ортолоругар чабырҕах уонна үгэ толоруутугар күрэх буолла. Иккис төгүлүн ыытыллар күрэххэ быйыл 87 оҕо кытынна.

Күрэх сүрүн соруга: сахалыы саҥарарга-иҥэрэргэ оҕолору өйөөһүн кинилэр сатабылларын сырдатан, бу үлэҕэ кытыннарыы, көҕүлээһин. Сааһынан хааччаҕа суох, ийэ тылбыт кэскилин өйдүүр, ол туһугар туруулаһар, төрөөбүт тылын, үгэһин, култууратын үөрэтиэн баҕалаах,  киэҥ эйгэҕэ санааны сахалыы сайа этэ-тыына үөрэниэн, суруйуон,  сайдыан баҕалаахтары түмэр. Оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар саҥара үөрэнэрэ,  санаатын сааһылаан этэрэ улахан суолталаах.

Аграфена Григорьевна Корякина Ийэ тылбыт сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбитэ. 30 сыл ыччаты иитии, үөрэтии, төрөппүтү кытта үлэ – олох кэлэр кэмин түстүүр умсулҕаныгар эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Ол барыта төрөөбүт тылбыт кэнэҕэски кэскилин түстүүр аналлаах. Ийэ сиргэ ытыктабылы, тапталы иҥэрэргэ туһуланар, саха төрүт билиитин, духуобунай баайын чинчийэр, тилиннэрэр, сырдатар тускуллаах.

Оҕону сайыннарар, педагогтарга уопуту атастаһыыга көмө буолар күрэҕи Нам улууһунааҕы Үөрэх управлениетын дошкольнай отделениетын салайааччыта Евдокия Анатольевна Павлова эҕэрдэ тылынан арыйда уонна «Солнышко» уһуйаан бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэрин «Сахалыы саҥарабыт» ырыанан киэргэттилэр (салайааччы Ирина Иванова). Күрэх саҕаланыан иннинэ, Аграфена Григорьевна бэйэтин чабырҕаҕын ааҕарын архивнай устуу экраҥҥа көрдөрүлүннэ.

Кыттааччылары А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтин фольклорга специалиһа Мария Григорьева-Маайа, Нам нэһилиэгин «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын аҕа иитээччитэ, логопед Наталья Попова, А.Ф. Шестаков аатынан УНАДь методиһа Наталья Петрова сыаналаатылар.

Ийэ тылбыт эйгэтин кэҥэтэр, сайыннарар, сахалыы хомоҕойдук саҥарарга үөрэтэр күрэх түмүгүнэн:

5-тэн 6-гар диэри саастаах чабырҕаҕы толорооччуларга

Гран-При: «Мичээр» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин фольклорнай бөлөҕө Петр Тобуруокап «Тарбахтар» айымньытынан (Кыһыл дэриэбинэ), сал. Марфа Парникова, Элеонора Николаева.

I үрдэл — «Дьэргэлгэн» фольклорнай бөлөх (Нам), сал. Вера Цыпандина.

II үрдэл — Катарина Спиридонова, «Тускул» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ (Хамаҕатта), сал. Зинаида Григорьева.

III үрдэл — Сайаана Назарова, «Тускул» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ (Хамаҕатта), сал. Динаида Пестрякова.

6-тан 7-гэр диэри саастаах чабырҕаҕы толорооччуларга

 Гран-При: Нам 10№ «Теремок» оҕо уһуйаанын «Чуопчаарар чабырҕахсыттар» бөлөх, сал. Евдокия Макарова.

I үрдэл — «Эрэл» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин бөлөҕө (Көбөкөн), сал. Надежда Бочурова, Людмила Жиркова.

II үрдэл — Нам 5№ «Кэскил» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, сал. Любовь Петухова, Мария Максимова.

III үрдэл — Юлия Долбосова, «Тускул» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ (Хамаҕатта), сал. Сардаана Андреева, Лена Кривошапкина.

Итээччилэргэ:

I үрдэл — Светлана Беляева, 6 № «Кыталык» оҕо уһуйаанын иитээччитэ (Нам).

II үрдэл — Мария Гоголева, 6 № «Кыталык» оҕо уһуйаанын иитээччитэ (Нам).

5-тэн 6-гар диэри саастаах үгэни ааҕааччыларга

I үрдэл — Аня Николаева, «Мичийээнэ» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ (I-Хомустаах), сал. Айталина Николаева.

II үрдэл — 1№ «Солнышко» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин «Кэпсээнньит уолаттар» бөлөх (Нам), сал. Александра Бурнашева, Анжелика Захарова.

Саамай кырачаан кыттааччы — 3 саастаах Асель Жиркова, 1№ «Солнышко» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ (Нам).

6-тан 7-гэр диэри саастаах үгэни ааҕааччыларга

Гран-При:  Искра нэһилиэгин «Мичээр» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Рома Парников (сал. Л. Дьяконова).

I үрдэл — Бөтүҥ «Сардаана» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Талбан Дьяконов (сал. Марианна Лыткина).

II үрдэл — Хамаҕатта нэһилиэгин «Тускул» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Аделина Нератова (сал. Лена Кривошапкина).

III үрдэл — Хамаҕатта нэһилиэгин «Тускул» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ Лев Иванов (сал. Лена Кривошапкина).

«Ийэ тыл сүмэһинэ» оҕо күрэҕин уопсай түмүгүнэн, Аграфена Григорьевна оҕолоро 20 тыһыынчалаах сертификааты Хамаҕатта нэһилиэгин «Тускул» оҕо уһуйааныгар туттардылар. 

Бу курдук, төрөөбүт тылбыт кэрэтин уонна баайын үүнэр көлүөнэҕэ  тириэрдэр, харыстыыр «Ийэ тыл сүмэһинэ» күрэххэ  уһуйаан иитээччилэрэ, тэрийээччилэр биир сомоҕо буолан үлэлиибит.  Бары кыттыыны ылбыт талааннаах кырачааннарбытыгар, иитээччилэргэ, төрөппүттэргэ эҕэрдэ эриэккэһэ буоллун уонна инникитин даҕаны сахалыы саҥалаах, сахалыы мындыр толкуйунан инники кэскиллээх олоҕу түстэһэ туруҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять