22.11.2024

Тохсунньу 26 күнүгэр Дьоллоох Дьокуускай Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Арассыыйа театральнай, Саха Сирин музыкальнай диэйэтэллэрин сойуустарын чилиэнэ Анна Томская айар киэһэтэ ыытылынна.

Саха норуотун аан дойду таһымыгар таһааран, ураты иэйиилээх дьоҕурун, дьарыгын билиһиннэрэр  “Кыл Саха” ансаамбылы төрүттээбит Анна Томскаяны элбэх да киһи айар киэһэтигэр кэлэн эҕэрдэлээтэ. Ылбыт билиитин бар дьоҥҥо тиэрдэр, бэрсэр  кыһаллар, бэйэтин дьулуурунан баһылаабыт сатабылыгар уһуйар Анна Ивановна үбүлүөйдээх киэһэтигэр бастыҥ уһуйуллааччыларын биһиримнээн бэлиэтээтэ. Ол курдук, анал стипендиятын Нам улууһун “Нам кылыһах” (салайааччы Мария ГригорьеваМаайа) уонна Амма улууһун Алтан нэһилиэгин “Кыл кылыһах” (салайааччы Василий Неустроев-Байаан Бааска) бөлөхтөрүгэр туттартаата.      

 Бу туһунан «Кыһыл көмүс бөрүө» суруналыыстар бириэмийэлэрин лауреата Анисия Иевлева  сиһилии суруйуутун https://blogi.nlrs.ru/93902/116280?utm_source=whatsapp&utm_medium=messenger&utm_campaign=pt-678&utm_eid=218 сигэнэн киирэн ааҕыҥ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять