Сэтинньи 30 күнүгэр Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар 45 сылын ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мүрү-2023» ырыа күрэҕэр Нам улууһуттан Артем Тюкянов кыттыыны ылан, кыайыылаахтар кэккэлэригэр киирдэ!
Күрэххэ уопсайа 5 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 29 ырыаһыт кыттыыны ылбыт.
Үбүлүөйдээх куонкуруска дьүүллүүр сүбэҕэ эстрада биллэр ырыаһыттара Анастасия Готовцева, Владимир Заболоцкай уонна Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын үлэлээтилэр.
Оттон 45-с төгүлүн ыытыллар «Мүрү-2023» ырыа күрэҕин кыайыылаахтарынан III степеннээх лауреат Артем Тюканов (Нам), II степеннээх лауреат Аман Винокуров (Чурапчы), I степеннээх лауреат Зинаида Лукачевская (Дьокуускай). Оттон куонкурус муҥутуур кыайыылааҕынан Уус-Алдан улууһун Найахы нэһилиэгиттэн Евдокия Фомина буолан, Гран-при үрдүк аатын сүктэ.
Тахсан эрэр саҥа ааты — Артем Тюкяновы үрдүк ситиһиитинэн ис-сүрэхтэн эҕэрдэлиибит, дьарыктаан, чочуйан, бэлэмнээн таһаарбыт салайааччытыгар — «Коробейники» нуучча ырыатын народнай ансаамбылын салайааччытыгар Дмитрий Барабановка махталбытын тиэрдэбит. Инникитин даҕаны саҥа айымньылар күүстээх куоластартан көҥүлгэ көтөн, арчылыыр Кубалаах Нам сирин ааттата турдуннар!