22.11.2024


Сэтинньи 28 күнүгэр «Забота» уһун үйэлэнии оскуолата үбүлүөйдээх дьоро түһүлгэтэ буолан ааста. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ киириигэ хас биирдии көрөөччүнү алгыстаах суруктардаах хатыҥ мас үөрэ көрүстэ.  Тарбахтарыгар талааннаахтар быыстапка-дьаарбаҥката, маастар-кылаастар ыытылыннылар, көрөөччүлэргэ сэдэх сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар. 

Нам сирэ тарбахтарыгар талааннаах, иэйиилэринэн дьоҕурдаах дьон олохсуйбут сирэ.

Аҕам саастаах олохтоохтор нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар общественнай тэрээһиннэргэ өрүү көхтөөхтүк кытталлар.

Ол курдук, 2016 сыллаахха тохсунньу ыйга нэһилиэкпит киэн туттар общественниктара — Александра Афанасьевна Матвеева, Александра Семеновна Ядрихинская көҕүлээһиннэринэн Нам киинигэр Уһун үйэлэнии «Забота» оскуолата аан бастаан аартыгын арыйбыта.

Бу оскуола сүрүн соругунан — кырдьаҕас дьону  дьиэттэн таһааран, кинилэргэ араас өрүттээх куруһуоктары тэрийэн сатаабылларын сайыннаран, дьарыктаан, саҥа көрүҥнэргэ үөрэтэн, бириэмэни табыгастаахтык атаарарга туһуланар.

Манна араас эйгэҕэ үлэлээбит кэрэ аҥардар, эр дьоннор иллэҥ кэмнэригэр мустан, уһанарга, иистэнэргэ, саҥа технологиялары баһылыырга,  үҥкүү-ырыа эйгэтигэр  дьарыктаналлар.

Онтон, 2017 сыллаахха, оскуола иһинэн «Ситим» үҥкүү бөлөҕө тэриллибитэ. Салайааччы — Кэрэмэс Саргы Сатабыл Кыыһа. «Ситим» үҥкүү коллективыгар 12 араас идэлээх, араас саастаах кэрэ аҥар дьарыктанар.  Репертуардарыгар саха, нуучча, башкир, чувашия, еврей, тибет, кытай, балкан, бурят, цыган омуктарын уонна да атын норуоттар үҥкүүлэрэ бааллар. Хас да үҥкүүнү туруоран, көстүүмнэрин тиктэн, нэһилиэккэ ыыттыллар тэрээһиннэртэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэҕэ, Дойду улахан куоратыгар Санкт-Петербурга тиийэ фестивалларга кыттан ситиһии кэккэлээхтэр, үгүс көрөөччү биһирэбилин ылаллар.

«Ситим» коллектива ситимнэрин быспакка үҥкүү эйгэтин өрө тутар, дьону-сэргэни кытта алтыһар, олохторугар аргыс оҥостор нэһилиэк, улуус биир киэн туттар коллектива буолар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять