Сэтинньи 29 күнүгэр «Ийэ тылбыт дьылҕата. Ийэ куппут туруга. Ийэ сирбит кэскилэ» кэнпириэнсийэ буолла. Тэрээһини өбүгэбит үгэһинэн арчылаан арыйдыбыт.
Намнааҕы народнай театр ыччатын «Күндүл» бөлөҕө «Саха Республиката» литературнай уус-ураннык аахтылар.
Кэнпириэссийэҕэ баһылыктар, оскуола, култуура тэрилтэлэрин салайааччылара, үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Ону тэҥэ, «АЙАР» кинигэ кыһата, Нам улууһун норуот маастардарын оҥоһуктарын атыы дьаарбаҥката тэрилиннэ.