22.11.2024

Этэллэр эбээт, көмүс күһүн кэмигэр дьүһүйэр талааннаахтар төрүүллэр диэн. Айылҕа үтүөтүн, олох үтүмэн сүүрүгүн кыл түгэҥҥэ тохтотон, уран тылынан хоһуйар, намыын матыыбынан ыллатар дьон баар буолан, киһи аймах сүрэхтиин-дууһалыын кэрэни кэрэхсиир.

Бүгүн биһиэхэ ыалдьыттыыр — СӨ култууратын туйгуна, РФ журналистарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун, Ленскэй, Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтоҕо, ырыаһыт, ырыа айааччы, “Туллук хаара” Нам улууһун мелодистарын түмсүүтүн салайааччыта Андрей Терентьевич Замятин.

Андрей Терентьевич, үтүө күнүнэн! Эн ырыаларгын истибэтэх, ыллаан толорботох киһи аҕыйах буолуо дии саныбын. Киһи ис иэйиитин кылын таарыйар, сүрэх төлөнүн күүһүрдэр айымньыларыҥ сүгүрүйээччилэргэр ымыы, айанньыттарга аргыс буолаллар.

Ырыаны сэҥээрэргэр аан бастаан туох төрүөт буолбутай?

— Ырыаны оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Оскуолаҕа ырыа уруогар композитор Григорий Дмитриевич Новгородов үөрэппитэ. Кини баяҥҥа  оонньуурун көрөн олус сөбүлээн истэр этим. Төрөппүттэрбин кытта дьиэ кэргэнинэн доҕордоһон, бииргэ алтыһан олорбуттара. Биһи дьиэбитигэр үгүстүк сылдьара. Наар баянын илдьэ кэлэн музыка тыаһатара.  Кэлин санаатахпына — аҕабынаан ырыа айаллар эбит. Ийэм ыллыырын олус сөбүлүүр этэ. Онон, ийэм иһигэр үөскүөхпүттэн ырыа аргыстаах улааппытым.

 

 Аан маҥнайгы айымньыҥ?

— Маҥнайгы суруйбут ырыам Тамара Максимова тылларыгар «Таммахтар» диэн. Саас кэлиитэ хайа да киһи ис-иһиттэн үөрэ-сырдыы сылдьар буолар дии. Ол оннук иэйиигэ куустара сылдьан, бу Тамара Максимова тылларыгар «Таммахтар» ырыа айыллыбыта.

 

  Айымньыларыҥ оҕолоруҥ кэриэтэ буоллахтара. Хас биирдии ырыаҥ тылыгар ноталарыҥ  оонньууллара дьон кутун-сүрүн тута сылдьаллар. Аҥардас эн «Кыыс кэрэ Нам сирэ» ырыаҕынан бу Наммыт кэрэтэ, налыы сирдэрэ, хатыҥнаах чараҥнара, намыын, холку дьоно-сэргэтэ арылыйаллар. 

— Оннук, хас биирдии ырыам кыра-кыра ноталарынан тиһиллэн, ситэн-хотон таҕыстахтара. Олор ортолоругар киэҥник биллэр, дьон сөбүлээн ыллыыр ырыаларым «Кыыс кэрэ Нам сирэ», «Туойуоҕуҥ Ылдьааны». 

 

 Ырыаны ымыы оҥостон, ырыанан олоҕу уһансаҕыҥ, дойдуҥ үтүө аатын ааттатаҕыҥ. Ону сэргэ, «Туллук хаара» Нам улууһун мелодистарын түмсүүтүн салайаҕыҥ. 

 — Нам улууһун мелодистарын “Туллук хаара” түмсүүтэ 45 сыл устата төрөөбүт дойдуга тапталы, инникигэ эрэли хоһуйан, дьону-сэргэни көхтөөх олоххо көҕүлүүр. Поэт, биир дойдулаахпыт Николай Рыкунов түмсүүгэ «Туллук хаара» диэн аат биэрэн сүрэхтээн,  Нам улууһугар мелодистар общественнай түмсүүлэрэ 1978 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Салайааччынан самодеятельнай композитор, ол кэмҥэ оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыалардаах, дэгиттэр талааннаах, ытыктыыр киһибит  Иван Афанасьевич Бубякин анаммыта. 2001-2018 сылларга түмсүүнү хормейстер Елена Александровна Кутукова салайбыта. Елена Александровна бэйэтэ эмиэ анал үөрэхтээх, самодеятельнай композитор буолан, айыллыбыт ырыалар нотаҕа тиһиллэн, ырыа фондатыгар киирэллэригэр үгүс сыратын уурбута, ырыанньыктар, аудио-диискэлэр, клиптэр уһуллан киэҥ эйгэҕэ тахсалларын ситиспитэ.  Ол курдук, композитор Василий Зыряновтыын Таастаах, Бөтүҥ мелодист кыргыттарыгар, ырыаларын хомуурунньугун таһааралларыгар күүс-көмө буолбуттара. Ону таһынан мелодистар айар киэһэлэрин көрдөрөр элбэх кэнсиэрдэр туруоруллубуттара. 

Онтон 2018 сылтан саҕалаан түмсүүнү салайа сылдьабын.  Бүгүҥҥү күҥҥэ Туллук хаара түмсүү уопсайа  70-тан тахса ырыа айар талааннаах дьоннордоох. Мелодистар кэккэлэригэр саҥаттан-саҥа дьоҕурдаах, ырыа куттаах ыччаттар үүнэн-сайдан тахсаллара үөрдэр. Түмсүүбүт сыл ахсын улахан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас тэрээһиннэргэ өрүү көхтөөхтүк кыттар, ырыа күрэхтэрин тэрийэр. 

Билигин, ытык дьоммутун Иван Афанасьевиһы, Елена Александровнаны иннибитигэр уктан, салҕыы саҥа сүүрээннэри киллэрэ, түмсүү тэтимнээхтик үлэлиир. Бары даҕаны эдьиийдии-убайдыы сыһыаммыт бүтүн улахан дьиэ кэргэн курдук суулаһан сылдьабыт.

 

Чахчы даҕаны, Эҥсиэлибит хочото — айар талааннаахтар уутуйан олорор кэрэ сирдэрэ буолар. «Туллук хаара» Нам улууһун мелодистарын түмсүүтэ тэриллибитэ быйыл 45 сылын бэлиэтиир улахан юбилейынан А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин коллективын аатыттан эриэккэс кэрэ тыллардаах эҕэрдэбитин тиэрдэбит!

Биһиги тэрийэр, түмэр, көҕүлүүр үлэбитигэр ырыа айааччыларбыт уонна ырыалары толорор ылбаҕай куоластаахтарбыт өрүү көмө буолаллар, ыытар тэрээһиннэрбитин ситэрэн биэрэллэр, олус киэргэтэллэр. Онон, биһиги маанылаах махталбытын тиэрдэбит! Олус киэн туттабыт — Нам сиригэр ураты эйгэлээх ырыа түһүлгэтэ өрүү үрдүк таһымҥа турарыттан.   Инникитин даҕаны, бу курдук ыкса ситимнээхтик үлэлиэхпит, дойдубут, айылҕабыт, ыччаппыт инникитин түстэһиэхпит диэн баҕа санаалары кытта бүгүҥҥү кэпсэтиибитин түмүктүүбүт.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять