Налыы Нам сирэ ыраахтан кэлбит ыалдьыттарын өрүү үөрэ-көтө көрсөр үтүө үгэстээх. Алтынньы 21 күнүгэр, Арассыыйа култууратын миниистирин солбуйааччы Владимир Осинцев алгыстаах аартыкка саха үгэһин сиэринэн арчыланан, ыраахтан айаннаан кэлэн М.К. Аммосов аатынан култуура Дыбарыаһын көрдө-иһиттэ. Делегацияны — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын миниистирэ Афанасий Ноев салайан сырытта. А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин директора Николай Жирков Дыбарыас туһунан билиһиннэрдэ.
«Коробейники» нуучча ырыатын норуодунай ансаамбыла (сал. Дмитрий Барабанов) ыллаан-туойан үөртэ. «Ньургуһун» үҥкүү-хор народнай коллектива (сал. Мария Попова) «Эҕэрдэ» үҥкүүтүнэн уруйдуу, «Нам-Кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө (сал. Маайа Григорьева) өбүгэбит кырыымпалаах дуораанынан айхаллыы, «Дьэргэлгэн» оҕо фольклорнай бөлөҕө (сал. Вера Цыпандина) эҕэрдэлии көрүстүлэр.