22.11.2024

Уол оҕо, эр киһи айылҕатынан харыстыыр, араҥаччылыыр аналлаах. Дойдутун, дьонун туһугар хабыр хапсыһыы утары саа-саадах тутан, хорсуннук киирсэр. Сорохтор ол уоттаах кыргыһыы толоонуттан эргиллибэттии сырдык тыыннара быстар…саала иһигэр баар дьон бары Улуу Чуумпуга иһийэн турдулар…бу ыарахан сүтүктээх кэмнэргэ, Нам улууһун культуратын үлэһиттэрэ, айар бөлөхтөрө көмөҕө ыҥырар акцияларга өрүүтүн кыттыыны ылаллар. Ол курдук, алтынньы 17 күнүгэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттарга көмө диэн аһымал акция кэнсиэрэ тэрилиннэ.

И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№ орто оскуолатын үөрэнээччилэрин бөлөҕө (сал. Вероника Старостина) Дойдуга бэриниилээх буолууга ыҥырар үҥкүүнэн арыйдылар. Сахаайа Колодезникова хомуһунан дьүрүһүттэ, «Дьүөгэлэр» народнай ансаамбыл, «Коробейники» нуучча ырыатын народнай ансаамбыла (сал. Дмитрий Барабанов), «Ай-Ыллаа» (сал. Ирина Винокурова), «Махсыым уолаттара» (сал. Иннокентий Татаринов) ырыа ансаамбыллара, Анна Нестерова, Марина Охлопкова, Мария Кельциева, Алима Егорова, Надежда Артемьева, Елена Заровняева, Афанасий Татаринов, Николай Протопопов, Афанасий Семенов, Петр Машников ырыанан кынаттаатылар. «Ньургуһун» үҥкүү-хор  народнай коллективын ыччатын бөлөҕө (сал. Мария Попова), А.Н. Окоемов аатынан «Мичээр» народнай ансаамбыла (сал. Татьяна Филиппова), «Ай-Ледис» коллектива (сал. Римма Татаринова) үҥкүүнэн киэргэттилэр.  

Улууспут баһылыга Юрий Слепцов, депутааттар Сэбиэттэрин председателя Алексей Винокуров,  нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара уонна биирдиилээн олохтоохтор кэлэн көмөлөрүн туттардылар.  

Хас биирдиибит кыттыыбыт, көмөбүт уолаттарбытыгар улахан өйөбүл буоллун, күүстэригэр күүс-кыах эбиэхтин, кыайыыга кынаттаатын.

Нам дьоно өрүү түмсүүлээх!

Инникигэ бигэ эрэллээх!

Сырдыкка, кыайыыга дьулуурдаах!

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять