Алтынньы 14-15 күннэригэр Нам улууһун Нь.С. Тимофеев аатынан култуурнай-спортивнай комплекска Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Николай Москвитин бирииһигэр Саха оҕун сөргүтүүгэ уонна тарҕатыыга туһуламмыт, оҕунан ытааччылары көҕүлүүр, өйүүр сыаллаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытылынна.
А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин иһинэн айымньылаахтык үлэлиир Мария Григорьева-Маайа салайааччылаах «Нам-Кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө үөрүүлээх арыйыыны киэргэттэ, хас биирдии күрэхтэһээччи кутун-сүрүн бөҕөргөттө, ситиһиилээх кыттыыга алҕаата.
«Ай-Ыллаа» ансаамбыла (сал. Ирина Винокурова) төрөөбүт дойдуга тапталы хоһуйар ырыатын толоруутунан икки күннээх күрэх түмүктэннэ.
Маннык тэрээһиннэри улууспутугар култуура эйгэтин үлэһиттэрэ, талааннаах олохтоохторо өрүү үрдүк таһымҥа ыыталлар. Күрэх үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллар, түмүктэнэр түгэннэригэр хас биирдии күрэхтэһээччи ис туругун бөҕөргөтөр, кыайыыга дьулууру күүһүрдэр.