Алтынньы 2-4 күннэригэр Искусство уонна култуура Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института сахалыы норуот ырыаларын «ДЭГЭРЭҤ» көрүҥүнэн толорууга диэн ааттаан үс күннээх Идэни үрдэтэр куурус ыытта. Манна саха норуотун төрүт үгэһин тарҕатааччылар муһуннулар. Олор истэригэр Нам улууһуттан А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ М.С.Григорьева-Маайа уонна В.П.Цыпандина кытыннылар. Лектордар — Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин фольклорга сүрүннүүр специалиһа А.В.Васильева, СӨ Үтүөлээх артыыһа, дэгэрэҥ ырыалары толорооччу, тойуксут, оһуохайдьыт, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Д.С.Иванов, Музыка уонна фольклор түмэлин эдэр специалиһа А.А.Николаева уонна СӨ Култууратын уонна Үөрэҕириитин туйгуна, Искусство уонна култуура Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтун Норуот уус-уран култууратын кафедаратын преподавателя А.М. Мойтохонова-Сахаайта үс күн устата саха төрүт дорҕоонун, дэгэрэҥ ырыатын дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыыга туһуланар ньымалары үөрэттилэр, сүбэ-ама буоллулар.
Үөрэтии чааһын таһынан, практическай үлэ чэрчитинэн, «Нам-кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта Мария Григорьева-Маайа айар үлэтиттэн билиһиннэрэн, кырыымпаҕа доҕуһуоллуур ньымалары көрдөрдөрөн, айбыт ырыаларын кырыымпатынан доҕуһуоллаан иһитиннэрэн, Вера Цыпандина «Муҥхаҕа ыҥырыы» дэгэрэҥ ырыаны толорон (Егор Бугаев тыллара, Маайа Григорьева кырыымпаҕа матыыба) тэрийээччилэр уонна истээччилэр биһирэбиллэрин, үрдүк сыанабылларын ылла.
Бу туһунан Дьокуускайдааҕы «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура иһинэн үлэлиир «Өбүгэ ситимэ» ансаамбыл салайааччыта Наталия Сивцева санаатын үллэстэр:
— «Үһүс күммүтүгэр курска кэлбит, бэйэтэ туһунан суоллаах-иистээх «Нам Кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта, Нам улууһун култууратын үлэһитэ Мария Григорьева-Маайа бэйэтин айар үлэтин туһунан билиһиннэрэн, сэгэтэн кэпсээн, ону таһынан кыл кырыымпа доҕуһуоллаах бэйэтин матыыбыгар айыллыбыт ырыаларын утары уунан, дьэ, чахчы сахалыы төрүт дорҕоону, ырыаны истэн, алааспытыгар, өбүгэлэрбитигэр да тиийэ сырыттыбыт диэн этэбин. Мария Григорьева-Маайа бу куурсу өссө ситэрэн биэрдэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.»
А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалиһа М.С.Григорьева-Маайа:
— «Сүрдээх үчүгэй, дириҥ ис-хоһоонноох үөрэххэ сырыттыбыт. Христофор Максимов норуокка иһиллибэтэх, ылламматах саҥа дэгэрэҥ ырыаларын үөрэттибит, билистибит. Дэгэрэҥ ырыа истиилин араара үөрэннибит. Төрүт дорҕоон, саха ырыата дэгэрэҥ истиил көрүҥүн быһыытынан толоруллуутугар, саха үҥкүүтэ, дэгэрэҥ үҥкүү төрүт дорҕоон аркыастырын туһанан хайдах оҥоруохха сөбүн туһунан иһиттибит-көрдүбүт. Инникитин олохпутугар, үлэбитигэр туттан, айар куруһуоктарбытыгар сылдьар дьоммутугар үөрэтиэхпит, тарҕатыахпыт.»
Бу курдук, анаан дьарыктанар, дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрэтэр идэлээхтэргэ күүс-тирэх буолар өбүгэбититтэн кэлбит төрүт үгэспитин үөрэтэр, тарҕатар аналлаах үөрэхтэр, семинардар сыллата үксүү, кэҥии турдуннар.