22.11.2024

Бэс ыйын 24-25 күннэригэр Дьокуускай куорат “Үс хатыҥ” ыһыахтыыр туонатыгар Улуу Туймаада Үрүҥ Тунах Ыһыаҕар Нам улууһа ыалдьыттаата.

Быйылгы сылга Нам түһүлгэтигэр биир санааланыы уонна сомоҕолоһуу сылыгар ананна. Сарсыардаттан түһүлгэ симэнэн, киэргэнэн, түптэ буруотунан унааран, арчыланан хас биирдии кэлбит ыалдьыты уруйдаан-айхаллаан көрүстэ. Владимир Сыромятников аламаҕай алгыһын ылынан, дьөһөгө оҕотугар сүгүрүйэн Вера Цыпандина түһүлгэлээх оһуохайын татта.

Ю.И.Слепцов түһүлгэҕэ мустубут дьонун-сэргэтин ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ. Бу курдук, төрүт үгэспитин сөргүтэ туруорҕуҥ, түмсүүлээх, биир сомоҕо буолан иннибит диэки баран иһиэҕиҥ, диэн эттэ. 

Нам түһүлгэтин ыалдьыта, СӨ Правительствотын председателин бастакы солбуйааччы Дмитрий Дмитриевич Садовников Нам улууһун дьонугар махталын, эҕэрдэ тылын эттэ. 

Нам түһүлгэтин ыалдьыта, СӨ Правительствотын председателин бастакы солбуйааччы Дмитрий Дмитриевич Садовников Нам улууһун дьонугар махталын, эҕэрдэ тылын эттэ. 

СӨ култууратын Үтүөлээх артыыһа, СӨ Народнай артыыһа Александр Емельянов биир дойдулаахтарын Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан эҕэрдэлээн ылбаҕай ырыатын бэлэх уунна.

Нам улууһан уус-уран самодеятельноһын эҕэрдэ кэнсиэригэр кыттыыны ыллылар: “Эҕэрдэ үҥкүүтэ” («Ньургуһун» НТК, сал. Мария Попова), «Нам Кылыһах» (сал. Мария Григорьева-Маайа), импровизатор хомусчут Сахаайа Колодезникова, Геннадий Игнатьев, Анна Слепцова “Сахам Сирэ”, Николай Жирков, Елена Заровняева “Дойдум дьоно”, Танец «Дьиэрэҥкэй» (“Ньургуһун” НТК), Мария Григорьева — Маайа «Үүттүү Тунах Ыһыахха», доҕуһуол “Нам кылыһах”, ”Түһүлгэ” фольклорнай чабырҕах бөлөҕө (сал. Оксана Кудрина), Афанасий Татаринов “Биир сомоҕо”.

Салгыы айар куттаах дьоммут Туймаада ыһыаҕар ыытыллар бары күрэхтэригэр баһылык Юрий Иннокентьевич алгыһын ылынан күөн көрсө тарҕастылар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять