Бэс ыйын 12 күнүгэр, Нам киинигэр өрөгөйдөөх, умнуллубат историческай түгэннэринэн Модун Арассыыйабыт күнэ бэлиэтэннэ. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ, биир дойдулаахпыт Алексей Еремеев, «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга Юрий Слепцов уонна улууспут депутааттарын, тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыылаах, өр күүппүт Нам 2№ орто оскуолатын саҥа дьиэтэ тутуллар сиригэр бастакы сыбаайаа туруорулунна.
Ону сэргэ, 14 саастарын туолбут И.С. Гаврильев аатынан Нам 1№, Нам 2№ орто оскуолаларын, Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы Гимназия үөрэнээччилэригэр Арассыыйа гражданнара буолалларын мэктиэлиир пааспардарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы буолла.
Бу дириҥ суолталаах бэлиэ күҥҥэ элбэх омук сомоҕолоһон олорор киэҥ Арассыыйабытын уруйдуур-айхаллыыр ыллам ырыаларынан Граф биэрэгиттэн «Ивушка» (сал. Анна Охлопкова), Никольскай нэһилиэгиттэн «Нива» (сал. Антонина Охлопкова) вокальнай ансамбыллар уонна «Коробейники» нуучча ырыатын народнай ансаамбыла (сал. Дмитрий Барабанов) киэргэттилэр.
Бэлиэ күн үөрүүлээх өрөгөй тэрээһиннэрин А.Ф. Шестаков аатын сүгэр Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ иилээн-салайан, киэргэтэн тэрийдилэр.