22.11.2024

Ыам ыйын 20 күнүгэр, Түмэл түүнүн күнүгэр, П.А. Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр «Саха ыалын олоҕо-дьаһаҕа», «Уус тыллаах Былатыан уол», «П.А. Ойуунускай түмэлин тэлгэһэтин историята» мемориальнай түмэл дьиэ кабинетыгар экскурсиялар буоллулар.

  «АйАрт» саха сиринээҕи уопсастыбаннай айар түмсүү көхтөөх ыччата «Уһуктуу» анал программанан кытынна. Ол курдук, айымньыларын аахтылар, ырыаларын ыллаатылар,  уруһуйдарынан дьүһүйүү оҥордулар, саха литературатыгар аналлаах викторина ыыттылар. Ватсап нөҥүө уонна “Тэтим” араадьыйаҕа хоһооннору суруйар поэт Полина Находкина-Полина Победа айар үлэтин туһунан кэпсээтэ, хоһооннорун аахта, айымньыларын сэҥээрээччилэр ыйытыыларыгар хоруйдаата, истиҥ сэһэргэһии эйгэтин тэрийдэ.

Саха балаҕаныгар «Алантай бухатыыр» олоҥхону өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо-батлл» кыттыылааҕа Вера Цыпандина толоруутун Саха политехническай лицей 5 кылааҺын үөрэнээччилэрэ кытта кэрэхсээн иһиттилэр. Олоҥхо толорооччу олоҥхотун кылгатан оруобуна 30 мунүүтэ устатыгар толордо. Дьэ ити курдук, түмэлбит нэдиэлэтин мүччүргэннээх сырыылаах Алантай бухатыыр кыайыытынан-хотуутунан, олоҥхо кэрэ ырыатынан-тойугунан түмүктээтилэр.

Бары кыттылаахтарга инникитин үрдүк ситиһиилэри баҕардылар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять