06.10.2024

Ыам ыйын 1 күнэ – Аан дойдутааҕы үлэһит норуот сомоҕолоһуутун күнэ!

Ыам ыйын 1 күнүгэр 1886 сыллаахха элбэх дойдуга үлэһит норуот аан бастаан бэйэтин быраабын туруулаһан, аҕыс чаастаах үлэ күнүгэр көһөөрү демонстрацияларга тахсыбыта.  Ол күнү бэлиэтээннэр ыам ыйын 1 күнүн, Аан дойду үлэһит норуотун күнүнэн биллэрбиттэрэ. Онтон билигин бу бырааһынньык Саас, Эйэ, Үлэ бырааһынньыга буолар.  Быйылгы сылы биһиги уратытык бэлиэтээтибит. Дойдубут үрдүнэн тыҥаан турар балаһыанньаны өйдөөн, сомоҕо хаамыы тохтоото. Ол эрэн, Нам дьонугар улахан бэлэх буолбут, нэһилиэнньэни бииргэ түмэр, сомоҕолуур, Максим Кирович Аммосов аатынан  Култуура дыбарыаһын киэҥ уораҕайыгар КҮӨХ МААЙ бырааһынньыгынан үлэ киһитин уруйдаан, чиэстээн туран, улахан кэнсиэр буолла.  

Үлэ дьонун уруйдуур үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ  Нам улууһун Идэлээх сойуус координационнай Сэбиэтин уонна үөрэх эйгэтин идэлээх сойууһун комитетын  председателэ  А. Г. Шарапов, култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун комитетын председателэ А. А. Парникова, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин идэлээх сойууһун комитетын председателэ Н. И. Егорова, госсулууспа үлэһиттэрин  идэлээх сойууһун  комитетын  председателэ  Н. В. Монастырев уонна «Намкоммунтеплоэнерго» АО идэлээх  сойууһун комитетын  председателэ  С. Г. Кокарев эҕэрдэ эриэккэһин, үтүө алгыс аламаҕайын, эттилэр, таһаарыылаах, күргүөмнээх үлэҕэ бары биир сомоҕо буолан, инникитин даҕаны өрүү түмсүүлээх, ситиһии кэккэлээх буолууга ыҥырдылар. Үлэни кытта айар дьоҕуру сайыннаран, сынньалаҥы сөптөөхтүк аттаран, өрүү олоххо көхтөөх буолууга дьулуурдаах  Нам улууһун үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын, госсулууспа уонна «Намкоммунтеплоэнерго» акционернай общество үлэһиттэрэ Нам олохтоохторугар олус үчүгэй, дьэрэкээн кэнсиэри бэлэхтээтилэр. 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять