Хас биирдии сөптөөх эппиэккэ 10 баал ылаҕыт. Боппуруостарга барытыгар сөпкө эппиэттээтэххитинэ 120 баал ылаҕыт.
Ситииһиини баҕарабыт!
1. Кулун тутар 27 күнэ - Аан дойдуга Театр күнэ бэлиэтэнэр. Аан дойдутааҕы Театр институтун IX конгреһыгар бигэргэммитэ. Бу киэҥ далааһыннаах күн хас сыллаахтан бэлиэтэнэрий?
2. Сир үрдүгэр аан-маҥнайгы Театр ханна төрүттэммитэй?
3. Саха сиригэр театр тэриллибит сыла:
4. Саха сиригэр аан-маҥнай туруоруллубут уонна көрөөччүлэргэ анаан көстүбүт спектакль:
5. Саха театрын аан-маҥнайгы салайааччыта:
6. Саха театрын визитнай карточкатынан ханнык спектакль ааттанарый?
7. Режиссер Алексей Романов "Мааппа" киинэтигэр сүрүн оруолу - Ылдьааны оонньообут Саха сирин Үтүөлээх артыыһа, театр уонна киинэ артыыһа:
8. Саха сирин Үтүөлээх артыыһа, театр уонна киинэ артыыһа, "Кэл, олор, сэһэргэһиэх" биэрии ыытааччыта:
9. Театрга айымньылаахтык үлэлии сылдьар кэргэннии эдэр артыыстартан биир ыалы ааттаа:
10. Намнааҕы народнай театр хас сыллаахха төрүттэммитэй?
11. Соторутааҕыта Нам улууһугар улахан музыкальнай драма туруоруллубута, үгүс көрөөччү үрдүк сыанабылын ылбыта. Ханнык ыйга көрдөрүллүбүтэй?
12. Намнааҕы народнай театр иһинэн баар юмористическай мини-театр аата:
Спонсор плагина: Тесты для девочек