Кулун тутар 14 күнүгэр А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы НАДь Нам улууһун «Уоланнар ааҕыылара» литературнай күрэх буолан ааста. Бу күрэҕи Нам улууһун Оҕо модельнай библиотеката көҕүлээн, иилээн-салайан, 2009 сылтан саҕалаан улууска ыытар. Быйыл Намнааҕы Оҕо модельнай библиотеката тэриллибитэ 65 юбилейдаах сыла бэлиэтэммитэ. Ол чэрчитинэн уонна саҥа дыбарыаска киирэн, үлэ иэнэ өссө кэҥээн, ааҕааччы, кыттааччы ахсаана элбээтэ.
Сыл ахсын «Уоланнар ааҕыыларыгар» Нам улууһун 300 тахса оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна улуус оскуолаларыттан алын сүһүөх, орто, улахан кылаас уолаттара мусталлар. Ону сэргэ, күрэх 2020-2021 сылларга, хамсык кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар онлайн формалаах тахсан, Сахабыт сирин араас муннуктарыттан биир ситимҥэ тыһыынчанан кыттааччыны түмпүтэ.
Күрэххэ кыттар уолаттары педагогтар үөрэтэн, дьарыктаан, төрөппүттэр тэрийэн, патриотическай тыыҥҥа иитиигэ кылааттарын киллэрсэллэрэ олус хайҕаллаах. Быйылгы тэрээһиҥҥэ улууспут бары нэһилиэктэриттэн педагогтар, төрөппүттэр арыаллаах Бу манна хас биирдии кыттааччы толорор аймыньытын ис-хоһоонун арыйан, артыыстыыр дьоҕурун көрдөрөн, оруолга сөптөөх сценическай көстүүмүн анаан оҥостон-симэнэн, көрөөччүгэ-истээччигэ тиэрдибиттэрэ — үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэрин бэлиэтиир.
«Мин бу күрэххэ оскуолаҕа киириэн иининээҕи саастаах уолаттарбын — иитиллээччилэрбин дьарыктаан кытыннарбытым үһүс сыла. Куруук кыттабыт, куруук миэстэлэһэбит. Онон быйыл даҕаны көрдөрүүбүт үчүгэй диэн эрэнэбин. Сыл ахсын тэрээһин тубустар-тупсан иһэрэ олус үөрдэр уонна миэхэ инникитин үлэбэр билиини эбэр. Быйыл күрэх Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах олус үчүгэйдик тэрилиннэ дии саныыбын уонна бу саҥа тутуллан киирбит дыбарыаска ыытыллыбыта киһи санаатын олус көтөҕөр» — диэн Хамаҕатта нэһилиэгин «Тускул» оҕо сайдар киинин иитээччитэ Татьяна Алексеевна Протопопова санаатын үллэстэр.
«Биһиги, И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 № орто оскуолатын улахан кылаастарыттан сүүмэрдэммит уолаттар быйыл «Уоланнар ааҕыыларыгар» иккис кыттыыбыт буолар. Биһигини Саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэтэр учууталбыт Лариса Дмитриевна Данилова уонна Намнааҕы народнай театр режиссера Роман Александрович Герасимов дьарыктаан, сахалыы хоһооннору ааҕабыт уонна араас тэрээһиннэргэ, испэктээкиллэргэ, күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт» — диэн И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 № орто оскуолатын 9а кылааһын үөрэнээччитэ Азаров Петя инникитин даҕаны кыттар баҕатын эттэ.
«Мин «Күндүл» бөлөхпүн И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар 2018 сылаахха үлэлии кэлиэхпиттэн тэрийбитим. Сылын аайы ыытыллар «Уоланнар ааҕыылара» күрэххэ куруук кыттабыт. Маннык күрэхтэр ыытыллаллара уол оҕону киһи быһыытынан килбэйэн тахсалларыгар, патриотическай иитиигэ сүдү оруоллаахтар. Түгэнинэн туһанан убаастабыллаах төрөппүттэрбэр өйөбүл буолалларыгар махталбын тиэрдэбин. Маны таһынан, махтаныам этэ А.Ф.Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин Намнааҕы народнай театрын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибин. Ол курдук, режиссёр Роман Александрович Герасимов куруутун биһиэхэ күүс-көмө буолар, араас хайысхалаах улахан тэрээһиннэргэ, ыһыахтарга ыҥыран кытыннарар. Онно тэҥҥэ бу оҕолорбун бэлэмнэһэн куруук кыттабыт. Барыларыгар чэгиэн доруобуйаны, үлэлэригэр ситиһиини, дьиэ кэргэннэригэр дьолу баҕарабын» — диэн Саха биллиилээх бэлиитикэ диэйэтэлэ, ученай, Саха литературатын төрүттээччитэ Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар, Нам улууһугар биир санааланыы уонна түмсүү сылыгар анаммыт «Уоланнар ааҕыылара» улуустааҕы күрэххэ Гран-При үрдүк аатын ылбыт «Күндүл» литературнай бөлөх салайааччыта, И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 № орто оскуолатын эдэр кэскиллээх учуутала Лариса Дмитриевна Данилова үөрүүтүн үллэстэн махталын биллэрдэ.
Намнааҕы народнай театр эдэр кэскиллээх режиссеругар Роман Герасимовка үлэтин түмүгүнэн, бу күрэххэ улахан оҕолор бөлөхтөрүгэр Гран-При үрдүк аатын ылбытынан эҕэрдэлиибит, инникитин ситиһиилэр кэлэ турдуннур!
Бу курдук, Нам улууһугар үүнэр көлүөнэ саха төрөөбүт тылынан уус-уран айымньылары үөрэтэн улахан сценаҕа тахсан кытталлара үксээтин, саҥа ааттар, саҥа коллективтар истээччи-көрөөччү биһирэбилин ыла турдуннар.