Кулун тутар 12 күнүттэн А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр Нам улууһун 19 муниципальнай тэриллии кыттыылаах норуот уус-уран самодеятельнаһын Фестивалынан айар талаан көрүҥнэригэр көрүү саҕаланна.
Быйылгы Фестиваль Дойдуга педагог уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Нам улууһугар биир санааланыы уонна сомоҕолоһуу сылларыгар ананар.
Бу тэрээһиҥҥэ нэһилиэктэр хас да бөлөххө арахсан, бастакы бөлөххө: I-Хомустаах, Ленскэй, Үөдэй, Хамаҕатта, Аппааны, Хатырык көрдөрдө. Салҕыы, иккис бөлөххө — Никольскай, Партизан, Модут, Көбөкөн, Бөтүҥ, II-Хомустаах, Граф Биэрэгэ, үһүс бөлөххө — Түбэ, Салбаҥ, Таастаах, төрдүскэ — Кыһыл дэриэбинэ, Искра, Фрунзе, Маймаҕа нэһилиэктэрэ оҕолорго, улахан дьон үҥкүү коллективтара уонна эр дьон вокальнай ансаамбыллара, ону тэҥэ, биирдиилээн толорооччулар кытыннылар.
Үҥкүү көрүҥүн сыаналаатылар:
Бэрэсэдээтэл — Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин Уус-уран айымньы салаатын специалиһа, РФ Уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Култууратын, Үөрэҕириитин уонна Ыччат политикатын туйгуна Николай Николаевич Терютин;
— С.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын солиһа, РФ уонна СӨ Үтүөлээх артыыһа, СӨ Народнай артыыһа, РФ театральнай деятеллэрин Сойууһун чилиэнэ Дмитрий Егорович Артемьев;
— ССРС Култууратын туйгуна, СӨ Култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, култуура бэтэрээнэ Людмила Дмитриевна Рехлясова.
Ырыа көрүҥүн сыаналаатылар:
Бэрэсэдээтэл — ССРС Култууратын туйгуна, СӨ Култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин «Ньургуһун» народнай хор хормейстера, «Дьүөгэлэр» народнай ансаамбыл салайааччыта Елена Александровна Кутукова;
— А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин «Коробейники» нуучча ырыатын народнай ансаамбылын салайааччыта Дмитрий Николаевич Барабанов;
— А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин хормейстера Федот Анатольевич Соловьев.
Фестивалы арыйбыт бастакы күҥҥэ кыттыыны ылбыт хас биирдии нэһилиэк анаан-минээн оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбитэ харахха быраҕыллар. Ол курдук, хас биирдии ансаамбыл кыттар таҥаһын-сабын тэринэн, доҕуһуолун хааччынан, толоруу маастарытыбатын ситэри тиэрдэн, көрөөччү, дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ыллылар уонна Нам улууһугар үлэлии-хамсыы сылдьар идэлээх хореографтар, хормейстердар, анал музыкальнай идэлээх дьон үлэлэрэ сыаналанна.
Үгэскэ кубулуйбут Фестиваль нэһилиэк-нэһилиэк олоххо, үрдүк таһымнаах тэрээһиннэргэ көхтөөх буолуутун түстүүр, дьону-сэргэни кэрэҕэ, сырдыкка угуйан, култуурнай нэһилиэстибэни сайыннаран, кэҥэтэн, биир санааҕа түмэр соруктаах. Сылын ахсын кыттааччы элбээн иһэрэ, саҥаттан-саҥа айымньылар туруоруллан, саҥа талааннар тахсаллара олус кэрэхсэбиллээх. Нэһилиэктэр дьаһалталара, тэрилтэлэрэ, түөлбэлэрэ нэһилиэк дьонун кытта ыкса үлэлэһиилэрэ, сайдыыга ыччаты көҕүлээн кытыннарыылара, эдэр специалистары, култуура эйгэтин үлэһиттэрин өйүүллэрэ көстөр. Нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара бу күрэххэ кыттыыны ыла сылдьаллара олус хайҕаллаах диэн тэрийээччилэр, көрөөччүлэр бэлиэтээтилэр.
Аны кулун тутар 27 күнүгэр Театральнай, муус устар 8 күнүгэр фольклор көрүҥнэригэр нэһилиэктэр кыахтарын тургутунан көрүөхтэрэ.
Бу курдук, сылга биирдэ буолар киэҥ далааһыннаах, дириҥ суолталаах култуура Фестивала үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитэн, дьону-сэргэни биир санааҕа түмэн, инникитин даҕаны кэҥии турдун, улууспут социальнай-экономическай сайдыытыгар тирэх буоллун диэн туран, аныгыскы көрүүгэ ситиһиилэри баҕарабыт!