А. Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтин «Олох устун» вокальнай-инструментальнай ансаамбыла бүгүн сарсыарда Нам улууһун дьаһалтатын кэрэ аҥардарын ырыанан эҕэрдэлии көрүстүлэр.
Улууспут баһылыга салайар үлэтигэр күүс-көмө, тирэх буолар дьаһалтабыт кэрэ аҥардара маннык соһуччу бэлэхтэн олуһун астыннылар, махтаннылар. Бу курдук саҥа үлэ күнэ уратытык саҕаланна.
— «Бүгүн үлэбэр сарсыарда кэлбитим наһаа үчүгэйдик эр дьоммут көрүстүлэр. А. Ф. Шестаков аатынан УНАДь уолаттара кэлэн ыллаан эҕэрдэлээбиттэрэ наһаа үчүгэй, олус астынныбыт кыргыттар уонна бу үтүө үгэскэ кубулуйан эрэр диэн махталбытын тиэрдэбит. Былырыын эмиэ олус үчүгэйдик ыллаан, эҕэрдэлээн сүргэбитин көтөхпүттэрэ. Куруук үлэҕэ сылдьар кэрэ аҥардарга бу маннык болҕомто ууран, махтанан эҕэрдэлииллэрэ олус үчүгэй!» — диэн «Нам улууһа» МТ баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччыта Мария Игнатьева санаатын эттэ.
Кэрэни кэрэхсэтэ, киһи аймаҕы истиҥ тапталынан угуттуур, эрэлинэн кынаттыыр, сылаас сыһыанынан куруутун өйдүүр, өйүүр кэрэ аҥардарбытын бу сааскы маҥнайгы нарын бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт эһиэхэ сандал сааскылыы аламай күн сылааһын, саха алмааһыныы чаҕылхай доруобуйаны! Эһиги баар буолаҥҥыт баҕа санаа барҕарар, сырдык мичээргит өрүү туланы сырдатан, олоххо күүстээх санаабыт бөҕөргүүр диэн махтал маанылаах алгыһын аныыбыт. Дьоллоох буолуҥ!