А. Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын Дьиэтэ Нам улууһун культураларын тэрилтэлэригэр үлэ хайысхаларынан методическай көмө оҥорон саҕалаата. Ол курдук, кулун тутар 6 күнүгэр фольклорга специалист Вера Прокопьевна Цыпандина уонна светооператор Симонд Русланович Сивцев Салбан нэһилиэгин «Эйгэ» норуот айымньытын киинигэр методическэй көмө оҥордулар.
— «Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалистара Салбан нэһилиэгин кулуубугар кэлэн буолаары турар улуустааҕы уус-уран самодеятельность фестивалыгар сүбэ-ама биэрдилэр. Фольклор жанрыгар Вера Прокопьевнаттан үгүс быһаарыллыбатах боппуруостарбытыгар эппиэт, сүбэ-ама ыллыбыт. Симонд Русланович уоппутун-күөспүтүн оҥорон, установкалаан барда. Бу курдук көмө, өйөбүл баара олус үчүгэй — биир күн иһигэр хас да сыл мөлтөхтүк турбут уоппут-күөспүт тупса, сырдыы түстэ.
А.Ф. Шестаков аатынан Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин директорыгар Николай Михайловичка, кураторбытыгар Анисия Андреевнаҕа көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка тустаах специалистары ыыппыккытыгар, коллегарбытыгар Вера Прокопьевнаҕа, Симонд Руслановичка кэлэн күүс-көмө буолбуккутугар махталбытын тиэрдэбит.» — диэн Г.И. Кривошапкин аатынан “Эйгэ” норуот айымньытын киинин директора Касьянова А.А. санаатын эттэ.
Маладьыастар! Улууспут киин культурата тыа тэрилтэлэрин маннык өйүү, көмөлөһө, ыкса ситимнээхтик үлэлии турдун! Таһаарыылаах үлэни!