🎼🎼🎼🎼🎼🎼🎼🎼🎼🎼🎼
Өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс төгүлүн ыытыллар дэгэрэҥ ырыаны айыы күөн-күрэһин БАЛАҺЫАННЬАТА
Ыытыллар күнэ:
Муус устар 8 күнэ 2023 с.
Ыытыллар сирэ: Нам улууһа, Нам сэлиэнньэтэ, М.К.Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы Дыбарыаһа.
Тэрийээччилэр:
— Нам улууһа МКТ «Култуура уонна духуобунай сайдыы салалтата».
— Христофор Максимов Фондата.
— МБТ «А.Ф.Шестаков аатынан улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтэ».
— Нам улууһа «Туллук хаара» мелодистар түмсүүлэрэ.
Күрэс сыала — соруга:
— Дэгэрэҥ ырыа айыытын кэҥэтии, тарҕатыы;
— Ырыа айааччыга, толорооччуга суолларын арыйыы;
— Саҥа ааттары, талааннары киэҥ-эйгэҕэ таһаарыы;
— Дэгэрэҥ ырыа сайдарыгар күүс-көмө буолуу;
— Тыыннаах дорҕоон доҕуһуолун сайыннарыы;
Күрэс ирдэбиллэрэ:
— Күрэскэ кыттыы 18 саастарыттан үөһээ, кыттааччы биир ырыанан кыттар;
— Автор дэгэрэҥ ырыатын бэйэтэ эбэтэр атын ырыаһыкка толорторуон сөп;
— Ырыаны фонограмманан, баянынан, кырыымпанан атын музыкальнай үнүстүрүмүөннэринэн доҕуһуоллуура биһирэнэр;
Наҕараадалар, анал ааттар:
— «Кылаан чыпчаал»
— «Бастакы үрдэл», «Иккис үрдэл», «Үһүс үрдэл»
— «Бастыҥ доҕуһуол»
— «Ааптар ырыатын бастыҥ толорооччу»
-Күрэһи дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта бүтэһиктээх.
— Күрэс «Кылаан чыпчаала» — 20.000 солк. уу харчынан наҕараадаланар. Кыттааччыларга туоһу сурук, дипломнар уонна сыаналаах бириистэр туттарыллыахтара.
Кыттыы иһин автортан төлөбүрэ 1000 солк.
Кыттааччы кэлиини- барыыны бэйэтэ уйунар.
Заявкаҕытын ыытар, билсэр нүөмэргит:
89644275266 — Григорьева М.С