Олунньу 15 күнүгэр, А.Ф. Шестаков аатынан улуустааҕы Норуот айымнытын дьиэтигэр, методист Гликерья Николаева уонна биллиилээх чуор тыллаах чабырҕахсыт, оҕо иитиитигэр үгүс сыратын анаабыт Аграфена Григорьевна Корякина оҕолорун, Нам нэһилиэгин «Солнышко» оҕо саадын көҕүлээһиннэринэн, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах «ИЙЭ ТЫЛ СҮМЭҺИНЭ» сахалыы чабырҕах, үгэ ааҕыытыгар улуустааҕы күрэх буолла.
Бу күрэх — Нам улууһун, Ленскэй нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, педагогическай үлэ, сцена ветерана Корякина Аграфена Григорьевна үтүө аатын үйэтитиигэ, кини көрөөччү киэҥ биһирэбилин ылбыт сахалыы ийэ тылынан чабырҕахтарын, үгэлэрин оҕолорго үөрэтэр сыаллаах ыытылынна.
Күрэххэ үс бөлөххө арахсан, кырачааннар уонна иитээччилэр үгүс эридьиэс үгэлэри аахтылар, чаабы-чыыбы чабырҕаҕы иһитиннэрдилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ олордулар РФ уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Ленскэй нэһилиэк Ытык Киһитэ, үлэ уонна сцена ветерана, өр сыл оҕону, ыччаты иитиигэ эҥкилэ суох үлэлээбит, Нам улууһун сайдыытыгар тус кылаатын киллэрбит Людмила Павловна Черноградская, А.Ф. Шестаков аатынан улуустааҕы НАДь фольклорга специалиһа, «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччыта, «Туллук Хаара» мелодистар түмсүүлэрин чилиэнэ, дэгэрэҥ, дьиэрэтии ырыалары айар ааптар Мария Степановна Григорьева-Маайа уонна Намнааҕы народнай театр режиссера Роман Александрович Герасимов олордулар.
Уопсайа 73 оҕо салайааччыларын кытта кэлэн кыттыыны ылла. Бары анаан бэлэмнэнэн, таҥастарын-саптарын тиктэн, улахан сценаҕа тахсан кыттааччы да, истээччи-көрөөччү да сүргэтэ көтөҕүллэн, мичээр аргыстаах олус сэргэх күрэх буолла.
Түмүккэ — Үгэ ааҕыытыгар бастыҥнар ааттаннылар:
5-тэн 6-гар диэри саастаах оҕолор ортолоругар Үгэ ааҕыытыгар Добун кыайыылаах Нарыйаана Власова, Аппааны нэһилиэгин «Хатыҥчаана» оҕо сайдар киинин иитиллээччитэ. I миэстэ — Айыллаана Софронеева, II-Хомустаах нэһилиэгин «Хомус» оҕо саадын иитиллээччитэ, II миэстэ — Кэрэчээнэ Андросова, Хатырык нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» оҕо саадын иитиллээччитэ, III миэстэ — Антон Соловьев, Аппааны нэһилиэгин «Хатыҥчаана» оҕо сайдар киинин иитиллээччитэ.
6-тан-7-гэр диэри саастаах оҕолорго — Добун кыайыылаахтар — Максимилиан Попов уонна Тимур Гоголев, Нам нэһилиэгин «Солнышко» оҕо саадын иитиллээччилэрэ,
I миэстэ — Регина Осипова, II-Хомустаах нэһилиэгин «Хомус» оҕо саадын иитиллээччитэ, II миэстэ — Кристина Максимова, Аппааны нэһилиэгин «Хатыҥчаана» оҕо сайдар киинин иитиллээччитэ, III миэстэ — Айаал Семенов, Никольскай нэһилиэгин «Веснянка» оҕо саадын иитиллээччитэ.
Иитээччилэр ортолоругар Добун кыайыылаах — Александра Бурнашева, Нам нэһилиэгин «Солнышко» оҕо саадын иитээччитэ.
I миэстэ — Мария Ксенофонтова, Нам нэһилиэгин «Солнышко» оҕо саадын иитээччитэ, II миэстэ — Парасковья Суздалова, II-Хомустаах нэһилиэгин «Хомус» оҕо саадын иитээччитэ, III миэстэ — Саргылаана Захарова, Никольскай нэһилиэгин «Веснянка» оҕо саадын иитээччитэ.
Чабырҕах ааҕыытыгар бастыҥнар:
5-тэн 6-гар диэри саастаах оҕолор ортолоругар Добун кыайыылаах Кыһыл-Дэриэбинэ нэһилиэгин «Мичээр» оҕо саадын иитиллээччилэрин бөлөҕө, I миэстэ — Таастаах нэһилиэгин «Кэнчээри» оҕо саадын иитиллээччилэрин бөлөҕө, II миэстэ — Нам нэһилиэгин «Туллукчаан» оҕо саадын иитиллээччилэрин бөлөҕө, III миэстэ — Лев Иванов, Хамаҕатта нэһилиэгин «Тускул» оҕо саадын иитиллээччитэ.
6-тан-7-гэр диэри саастаах оҕолорго — Добун кыайыылаах «Чоргуй-чобуо оҕолор» фольклорнай бөлөх, Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо саадын иитиллээччилэрэ, I миэстэ — Нам нэһилиэгин «Сулусчаан» оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрин фольклорнай бөлөҕө, II миэстэ — Камила Протопопова, Нам нэһилиэгин «Солнышко» оҕо саадын иитиллээччитэ, III миэстэ — Валерия Бочкарева, Бөтүҥ нэһилиэгин «Сардаана» оҕо саадын иитиллээччитэ.
Иитээччилэр ортолоругар I миэстэ — Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо саадын иитээччилэрин «Элэкис-мэлэкис кыргыттар» фольклорнай бөлөҕө, II миэстэ — Нам нэһилиэгин «Солнышко» оҕо саадын иитээччилэрин «Күнчээн» бөлөҕө.
Ону таһынан, Аграфена Корякина оҕолорун ааттарыттан 20 000 солкуобай уу-харчынан бириис Нам нэһилиэгин «Солнышко» оҕо саадын коллективыгар туттарылынна.
Аграфена Григорьевна балтыта Ульяна Николаевна Говорова (Габышева) бэйэтин анал бирииһин II-Хомустаах нэһилиэгин «Хомус» оҕо саадын иитээччитигэр Парасковья Суздаловаҕа туттарда. «Солнышко» оҕо саадын коллектива анал бириистэрин Изабелла Слепцоваҕа (Искра нэһилиэгин «Мичээр» оҕо саадын иитиллээччитэ), «Алаас оҕолоро» фольклорнай бөлөххө (Нам нэһилиэгин 4№ «Чэчир» оҕо саадын иитиллээччилэригэр) инникитин даҕаны ситиһиилээхтик кыттан кыайыы көтөллөөх сайыннынар диэн туттардылар.
Күрэх устатын тухары, фойеҕа Аграфена Григорьевна педагогическай үлэтин, айар үлэтин кэпсиир выставка турда.
Бу курдук, саха оҕото кыратыттан ийэ тылынан кэпсэтэр, ойуулуур-дьүһүннүүр уус-ураннык саҥарар кыаҕар тирэх буолар күрэх олус сэргэхтик түмүктэннэ.
Инникитин даҕаны, бу күрэх киэҥ эйгэҕэ ыытыллан, саҥа ааттар, саҥа талааннар сайдан, саха тыла сүппэтигэр, ийэ тыл сүмэһинэ симэлийбэтигэр баҕарабыт.
Бары кыттааччыларга, тэрийсээччилэргэ, көрөөччүлэргэ уонна төрөппүттэргэ барҕа махтал маанытын аныыбыт!
П.П. Ядрихинскай — Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин методиһа,
бырайыак ааптара Гликерья Николаева