25.11.2024

О нас пишут:

Тохсунньу 20 күнүгэр Нам сэлиэнньэтин М.К. Аммосов аат. култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар улуус нэһилиэктэрин икки ардыларыгар 2022 сыл түмүгүн таһаарыы үөрүүлээх тэрээһинин чэрчитинэн улуус тарбаҕар талааннаах дьонун уонна норуот маастардарын уус-уран оҥоһуктарын быыстапката киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.

🔸🔸 Сыл суолталаах тэрээһинэ аһыллыытыгар улуус баһылыга Юрий Слепцов кыттыыны ылла. Юрий Иннокентьевич улуус тарбаҕар талааннаах дьоно, норуот маастардара Сахабыт сирин култуурунай, духуобунай сайдыытыгар тугунан да кэмнэммэт сүҥкэн кылааттарын киллэрэллэрин бэлиэтээтэ уонна норуот маастардарын билиилэрин уонна сатабылларын тарҕатыы, үйэтитии сүрүн сорук буолуохтааҕын эттэ.

🔸🔸 Бүгүҥҥү күҥҥэ Нам улууһа өбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит норуот уус-уран төрүт дьарыга сайдарын туһугар үлэлэһэр. Билигин улууска 22 норуот маастара, 20 уус-уран оҥоһук маастардара, 60-ча биллэ-көстөр, сатабыллаах илиилэринэн оҥорон таһаарар, сөбүлээн дьарыктанар дьон бааллар.

🔸🔸 Быыстапканы үөрүүлээхтик аһар аалай лиэнтэни “Нам улууһа” МТ баһылыга Юрий Слепцов, улуустааҕы культура управлениетын норуот уус-уран айымньытын специалиһа Матрена Платонова уонна норуот маастара Мария Сыромятникова быстылар.

🔸🔸 Тэрээһин Россияҕа Култуурунай нэһилиэстибэ, САССР тэриллибитэ 100, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылларынан нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт уус-уран самодеятельность фестивалын чэрчитинэн барда.

🔹🔹 Манна сахалыы иис, кыбытык тигии, маһынан, туоһунан уонна кылынан оҥоһуктар дьон-сэргэ көрүүтүгэр турдулар. 21 нэһилиэктэн норуот маастардара уонна уран тарбахтаах дьон кытыннылар. Ол курдук, норуот маастардара Прасковья Стручкова кылынан оҥорбут М.К. Аммосов мэтириэтэ, Мария Сыромятникова кыбытык тигиитэ, Марфа Оконешникова сахалыы сонноро, Хамаҕатта нэһилиэгиттэн Мария Аманатова салайар “Сөрүө”, Надежда Соропова салайааччылаах Хатырык нэһилиэгиттэн “Кырадаһын”, Партизантан “Ай-тик” түмсүү, о.д.а үлэлэр көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Бу күн уопсайа 500-чэкэ оҥоһук киэҥ дьүүлгэ таҕыста.

🔹🔹 Быыстапка тохсунньу 20-27 күннэригэр үлэлиэ. Норуот айымньыта сайдарыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьар дьон, айылҕаттан тарбаҕар талааннаах, сатабыллаах маастардар үлэлэрин кэлэн сэргии көрүҥ диэн биир дойдулаахтарбытын, улуус ыалдьыттарын ыҥырабыт!

“Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять